1-кы Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа олунньу 9 күнүгэр быйылгы 2024 сыл Россияҕа – Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр – Оҕо саас, Уус Алдаҥҥа – Аҕа, 1-кы Хоро нэһилиэгэр – Саха сирин бастакы Үлэ Дьоруойдарыттан биирдэстэрэ Данил Бурцев сылынан биллэрбиттэрин  үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйар дьоро күн И.И. Находкин аатынан култуура киинигэр буолан ааста.

Тэрээһини бу киин уус-уран салайааччыта Екатерина Свинобоева кыайа-хото тутан иилээн-саҕалаан ыытта. Кини Чараҥмытыгар 40 сыл устата иллээхтик-эйэлээхтик ыал буолан олорор Дария, Илья Гуляевтары, Любовь, Петр Копыриннары, 45 сыл устата бииргэ олорор Елизавета, Виталий Гуляевтары, Наталья, Аркадий Семенович Охлопковтары, Луиза, Николай Аммосовтары, 50 сыл бииргэ олорон олох үрдүк үөрүүтүн, толору дьолун билбит нэһилиэк сис ыалларын Зоя, Кирилл КривошапкиннарыЗоя, Макар Аргуновтары, 53 сыл устата бииргэ олорор нэһилиэкпит ытык саастаах, кырдьаҕас ыалларын Ирина, Михаил Львовтары, Галина, Василий Бурцевтары, эдэр ыаллары Кристина, Александр, Таисия Винокуровтары, Ольга, Альберт Черноградскайдары,  8 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт Туяра, Дмитрий Федоровтары, саҥардыы 3-с оҕоломмут Сайыына, Артур Томскайдары, бу ыйга 4-с оҕолорун төрөппүт Виктория, Василий Корниловтары, уол оҕолордоох аҕалары Григорий Бурцевы, Василий КорниловыКонстантин Федосеевы, Гаврил Бурцевы, Григорий Атастыровы дохсун ытыс тыаһынан биир-биир хас биирдиилэрин ыпсаран-хопсорон сиһилии билиһиннэрэ-билиһиннэрэ сценаҕа ыҥыртыыр, бочуоттаах миэстэҕэ олороллоругар көрдөһөр.

Кинилэри нэһилиэк баһылыга Василий Бурцев, солбуйааччыта Виталий Гуляев, нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Светлана Бурцева уонна кэрэ-бэлиэ күннээхтэр оҕолоро, сиэннэрэ эҕэрдэлээн үөрүүлэрин үрдэттилэр. Итини таһынан үлэни өрө тутар эдэр аҕаҕа Юрий Бурнашевка нэһилиэк баһылыга Василий Бурцев Өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕалар лигаларын 《Год труда в РС(Я) 2023》диэн бэлиэтин туттарыыта соһуччу үөрүүнү үөскэттэ. Ыытааччы этиитинэн бу тэрээһиҥҥэ сатаан кэлбэтэх чиэстэнээччилэри көрөөччүлэр өргө диэри уҕараабат ытыс тыаһынан  эҕэрдэлээтилэр. Кэргэнниилэр нарын музыка тыаһынан үйэлээх үҥкүүгэ-вальска уйдара үҥкүүлээн бэйэлэрэ да долгуйдулар, көрөөччүлэри да долгуттулар.

Бүгүҥҥү дьоро күн маанылаахтара бары кинилэргэ эҕэрдэ буолан ылламмыт ырыалары, ааҕыллыбыт хоһооннору үөрэ иһиттилэр. Салгыы Саха сирин бастакы үс Үлэ Дьоруойуттан биирдэстэрэ биир дойдулаахпыт, киэн туттар ытык киһибит Данил Бурцев быйыл төрөөбүтэ 125 сылын туоларынан нэһилиэккэ киниэхэ ананар сыл арыллыытын үөрүүлээх күнүгэр Дьокуускай куораттан анаан-минээн айаннаан кэлбит кыыһа Альбина Бурцева аҕатын туһунан олус истиҥ, иһирэх ахтыыны оҥорбутун көрөөччүлэр олус сэргээн иһиттилэр. Ол кэнниттэн Үлэ Дьоруойа Данил Бурцев сылын кини төрөөбүт дойдутугар Чараҥҥа арыллыытынан нэһилиэк баһылыга Василий Бурцев уонна Үлэ Дьоруойун кыыһа Альбина Бурцева олохтоохтор сылаас ытыстарын тыаһын ортотугар кыһыл лиэнтэни быһан уратылаах күнү бигэргэттилэр.

Онон 2024 сыл Арассыыйаҕа – Дьиэ кэргэн, Сахабыт Сиригэр – Оҕо саас, Уус Алдаҥҥа – Аҕа, 1-кы Хоро нэһилиэгэр – Саха сирин бастакы Үлэ Дьоруойдарыттан биирдэстэрэ Данил Гаврильевич Бурцев сыллара арылыннылар. Аны ылыныллыбыт барыллар үлэлэрэ олоххо бигэтик киириэхтэрэ, нэһилиэк сайдыытыгар төһүү күүс буолуохтара диэн эрэнэбит.

От

Добавить комментарий