Муус устар 22 күнэ – Арассыыйа өрөбөлүссүйэниэрэ, марксизим бөдөҥ теоретига, сэбиэскэй судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэлэ, Арассыыйа үлэһиттэрин уонна бассабыыктарын социал-демократическай баартыйатын төрүттээччи, 1917 сыллааҕы Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин сүрүн тэрийээччитэ уонна салайааччыта, РСФСР уонна СССР норуоднай комиссардарын сэбиэтин бастакы бэрэссэдээтэлэ, Аан дойду историятыгар бастакы социалистическай судаарыстыбаны төрүттээччи Владимир Ильич Ленин төрөөбүт күнэ.

Бу ытык күн сэбиэскэй кэм оҕолоругар ураты өйдөбүллээх күн буолара, оҕолор кыыһар кыһыл хаалтыс кэтэн пионер үрдүк аатын ылар чиэскэ тиксэллэрэ, андаҕар этэн, илиилэрин өрө көтөҕөн пионерскай салюту хардарыта биэрэллэрэ.

Бу күн нэһилиэк бэтэрээннэригэр “Кыыһар кыһыл хаалтыстаах оҕо сааспыт” тэрээһин-пионерскай сбор буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ: “Оҕо сааһым туоһута” –  пионерскай кэминээҕи хаартыска, кинигэ, пионердар туттубут малларын-салларын быыстапката; “Умнуллубат биир түгэн” – пионер кэминээҕи ахтыылар; “Пионерия историята” – ыйытыктар-хоруйдар; Пионерскай хоһооннор, ырыалар ыытылыннылар.  

От

Добавить комментарий