Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Уус Алдан улууһугар Аҕа сылларыгар анаан “Дьиэ кэргэн – олох төрдө” көрдөрүүгэ туруоруу Ылдьыы Нохуоккун аат. Чараҥ култууратын дьиэтигэр киэҥ, сырдык саалатыгар турда.

Көрдөрүү туруоруу биэс хайысхаҕа араарыллан 1970-с сылларга саха поэзиятыгар сонун суолу тэлэн, биллиилээх поэт убайдара Семен Данилов, Эллэй, Петр Тобуруокап, Леонид Попов, Моисей Ефимов уо.д.а. үөрэ көрсүбүт Бастакы Хоро нэһилиэгиттэн төрүттээх, Уус Алдантан соҕотох Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай бэйээтэ, быйыл 70 сааһын туолар Иван Васильевич Мигалкин уус-уран суруйууларыттан ылыллан, кини эппит тылларынан ааттаммыта.

1. Сахам дьоно, эһиги – тыһыынчанан саастаах сулустаргыт, быдан дьыллартан умайаҕыт…

Нэһилиэкпит историятын, нэһилиэкпитин төрүттээбит өбүгэлэрбитин, олорон ааспыт дьоммутун-сэргэбитин төрүччү оҥорон туруоруллан элбэҕи анааран кэпсиир.

2. Оҕолор күлэр-үөрэр ыалларыгар дьол баар, кэскил баар…

Дьиэ кэргэн диэн – ханнык баҕарар  судаарыстыба төрүтэ, инники кэскилэ буолар. Биһиги Чараҥмытыгар бүгүҥҥү күҥҥэ, барыта 235 дьиэ кэргэн олорор. Кинилэртэн үс уонна онтон элбэх оҕолоох 31 дьиэ кэргэн баар. Аҕа дьиэ кэргэнигэр, оҕону иитиигэ, дьоҕурдарын сайыннарыыга оруолун көрдөрөөрү, кэпсээри нэһилиэкпит ыалларыттан оҕолоро үрдүк ситиһиилээх дьиэ кэргэни хабан туруордубут.

3. Күһүн, кыһын, саас – мин кубулуйуом кинигэҕэ…

Биһиги Чараҥмытыгар 8 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт, III истиэпэннээх “Ийэ Албан аата” уордьаннаах Туяра Гаврильевна уонна Дмитрий Николаевич Федоровтар бэйэлэрин истиҥ кыһамньыларынан оҕолорун иитэллэр, улаатыннараллар, дьоҕурдары сайыннараллар. Нэһилиэкпит дьаһалтата, дьоно-сэргэтэ кинилэринэн киэн туттар, холобур оҥостор.

4. Талаанын уһугуннаран бар дьонугар уунуо кэрэни айан…

Ылдьаа Нохуоккун аат. Чараҥ култууратын киинигэр оҕо дьоҕурун сайыннарыыга үлэлиир үөрэхтээһиннэри көрдөрөр, кэпсиир туруоруу.

5. …Бүгүҥҥү олохпутун дьиктинэн киэргэтэллэр.

Өбүгэбит мала-сала бүгүҥҥү күҥҥэ дьикти таабырыннаахтар, үгүс кэпсээннээхтэр.

Ийэ дойдуга тапталы иитии хайысхата күүһүрэн турар кэмигэр биһиги, бары өттүтүттэн оҕолорбут эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар, сиэр-майгы өттүнэн бигэ тирэхтээх буолалларыгар өбүгэтин үгэһин, историятын билэригэр, дириҥэтэн үөрэтэригэр күүс-көмө буолуохтаахпыт.

От

Добавить комментарий