Быйыл “Манчаары” тыйаатыр устуудьуйата тэриллибитэ 10 сылыгар Чараҥ култууратын киинэ Саха АССР үтүөлээх артыыһа, драматург Илья Иванович Находкин-Ылдьаа Нохуоккун аатынан бириэмийэҕэ драма суруйуутугар аһаҕас күөн күрэһи биллэрбитэ.

Күрэскэ барыта 10 кыттааччы кыттыыны ыллылар:

— Попов Иннокентий Петрович-Оҕуруоттаах (Уус Алдан) “Дьэ, буоллаҕа…” 

— Матвеева Матрена Дмитриевна-Мотуо (Уус Алдан) “Ойуунускай Уус Алдаҥҥа сырыыта” (оҕолорго аналлаах).

— Николаев Валериан Парфеньевич (Дьокуускай) “Өлүүнү кыайбыт өлбөт”

— Винокурова Раиса-Сэндиэлэ (Дьокуускай) “Маайа”

— Герасимова Мария Андреевна-Сэҥээрэ (Чурапчы) – “Алааппыйа араллааннара” (көр-күлүү), “Кууруссалар араллааннара”, “Аһыы утах абылаҥар”, “Төрөппүттэр” (сыаҥкалар).

— Чичахова Елена Васильевна (Мэҥэ Хаҥалас). “Доҕордуулар” (оҕолорго аналлаах).

— Андросов Иван Афанасьевич-Айанньыт (Дьокуускай) “Иэс…” 

— Сидорова Надежда Васильевна (Мэҥэ Хаҥалас) – “Биир сайын Суолаҕа” 

— Бурцева Антонина Романовна-Далаһа (Уус Алдан) – “Ийэ сүрэҕэ-таас, оҕо сүрэҕэ – ийэҕэ”

— Корякина Римма Иннокентьевна-Хотууна (Чурапчы) – “Моһуоктаах хоноһо” (көр-күлү), “Остуоруйа дойдутун дьиктитэ” (оҕолорго аналлаах).

            Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:

Находкина Мария Ивановна – киносценарист, бас дьүүллүүр сүбэ, Илья Иванович сиэнэ.

Свинобоева Екатерина Прокопьевна – Ылдьаа Нохуоккун аат. Чараҥ култууратын киинин уус-уран, “Манчаары” тыйаатыр устуудьуйатын салайааччыта, режиссера.

Захарова Екатерина Владимировна – “Мүрү саһарҕата” Уус Алданнааҕы хаһыат суруналыыһа, “Манчаары” тыйаатыр устуудьуйатын кыттыылааҕа.

Күрэххэ биллэриллибит түөрт хайысхаттан үс хайысхаҕа чыпчаал кыайыылаахтар таҕыстылар:

  • Алын кээмэйдээх пьесаны суруйууга – Бурцева А.Р.-Далаhа “Ийэ сүрэҕэ-таас, оҕо сүрэҕэ – ийэҕэ”
  • Пьесаны суруйууга – Андросов И.А.-Айанньыт “Иэс”
  • Оҕолорго аналлаах пьесаны суруйууга – Чичахова Е.В. “Доҕордуулар”.

Дьүүллүүр сүбэ сыанабылын ылбыт бу үс айымньылар 2024 сылга Ылдьаа Нохуоккун аатынан Чараҥ култууратын киинин сыанатыгар “Манчаары” тыйаатыр устуудьуйатын туруоруутугар көрөөччүгэ тахсыахтара, ытыс тыаһын истиэхтэрэ.

От

Добавить комментарий