Олунньу 28 күнүгэр Үлэ Дьоруойа Д.Г. Бурцев төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан “Алаас түһүлгэтэ” кэнсиэр – күөн күрэс III төгүлүн ыытылынна.

“Алаас түһүлгэтин” Чараҥ Далбар Хотуттара, “Далбара” бөлөх үҥкүүһүттэрэ, 2019 с. ыытыллыбыт күөн күрэс кыайыылаахтара саха дьахтарын кыһыҥҥы толору таҥаһын кэтэн, симэҕин иилинэн киирэннэр ыалдьыттары көрүстүлэр, уҕараабат ытыс тыаһын бэлэхтэттилэр.

Кэнсиэр – күөн күрэскэ Уус — Алдан улууһун 9 нэһилиэгин, 12 бөһүөлэгиттэн 13 ырыа-үҥкүү бөлөхтөрө, барыта 102 киһи  кыттыыны ыллылар. 

Дьүүллүүр сүбэҕэ: Уус — Алдан култуураҕа салалтатын үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Анна Егоровна Федорова, Ылдьаа Нохуоккун аат. Чараҥ култууратын киинин “Алтан кыл” айар устуудьуйа салайааччыта, ырыа айааччы, музыкант, СӨ култууратын туйгуна Гаврил Николаевич Свинобоев, Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһын тэрээһиннэри тэрийэр салаа салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Александр Николаевич Бурцев тэрийээччилэр ирдэбиллэригэр олоҕуран үлэлээтилэр.

Түмүккэ.

Ырыа бөлөхтөрүгэр:

I үрдэл – “Ыллык” бөлөх, сал. Константин Иванов (Майаҕас)

II үрдэл – “Айылгы” бөлөх, сал. Альбина Бурнашева (Кэптэни)

III үрдэл – “Далбар” бөлөх, сал. Светлана Прудецкая (Тумул).

Ылдьаа Нохуоккун аат. култуура киинин анал бэлэҕэ – “Өрөгөй” бөлөх, сал. Сахайаана Нафанаилова (Курбуһах).

Кыттааччылар көрдөһүүлэринэн тэрийээччилэр кэлбит дьонтон биирдиилээн ырыаһыттарга эбии күөн күрэһи киллэрэн кыайыылааҕынан таҕыстылар:

I үрдэл –  Матрена Новоприезжая (Тумул)

II үрдэл – Анатолий Копырин (Чараҥ)

III үрдэл – Лена Заровняева (Хоноҕор).

Үҥкүү бөлөхтөрүгэр:

I үрдэл – “Оһуор” бөлөх, сал. Лена Горохова, Матрена Бочкарева (Бээди)

II үрдэл – “Күн Сэгэйик” бөлөх, сал. Саргылаана Крылова (Чараҥ)

III үрдэл – “Дэгэйик” бөлөх, сал. Лариса Васильева (Бэйдиҥэ).

Тыйаатыр туруоруутугар биир да бөлөх кэлбэтэҕинэн бэйэтин баҕа өттүнэн кэлэн оригинальнай жанры көрдөрбүт Дмитрий Андросовка (Бэйдиҥэ) дьүүллүүр сүбэ биир санаанан кыайыыны биэрдилэр.

“Алаас түһүлгэтэ” күөн-күрэс аҕа көлүөнэ ырыатын, үҥкүүтүн эрэ көрүү буолбакка, көрсүһэр түгэни үөскэтэн сынньалаҥҥарын тэрийии, түмсүүлээх буолууну ситиһии уонна кыттыбыт дьон олохторугар биир сырдык түгэни бэлэхтээн умнуллубат өйдөбүнньүгү үөскэтии буолар.

Бары кыттааччыларга, көрөөччүлэргэ барҕа махтал буолуохтун!

От

Добавить комментарий