Балаҕан ыйын 8,9,10 күннэригэр Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай таһымнаах быыбар буолар. Саха сирин Ил Дарханын, улууспут баһылыгын, өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутааттарын, бэрэстэбиитэллээх уорганнарын талыахпыт.
Ылдьаа Нохуоккун аат. култуура киинин үлэһиттэрэ дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит, улууспут инникитин түстүүр улахан суолталаах биир кэлим быыбарга Чараҥ олохтоохторун көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥыран
балаҕан ыйын 8 күнүгэр «БУКА БАРЫ БЫЫБАРГА»_ ырыа-тойук тэрээһини тэрийдибит.