Атырдьах ыйын 31 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын дуоһунаһыгар хандьытаат А.С. Николаев Уус Алдан улууһугар үлэлээтэ. Кини I Хоро нэһилиэгэр ИП Т.А. Крылов «АЙ-ТАЛ» оҥорон таһаарар дьиэтигэр (производственнай базатыгар) Чараҥ, Бэйдиҥэ, Майаҕас, Мындааба тимир көлөнү оҥорон таһаарар уустар быыстапкаларын көрө-билсиһэ сырытта, Саха сирин бастакы Үлэ Дьоруойдарыттан биирдэстэрэ Д.Г. Бурцев олоҕун, үлэтин кэпсиир быыстапканы биһирээтэ.

Добавить комментарий