🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩
Аата-суола умнуллан, оннооҕор халандаарга суруллубат буолбут Улуу Өктөөп өрөгөйдөөх күнэ ааспыт Сэбиэскэй кэми билбит хас биирдии киһиэхэ умнуллубат ахтылҕаны көбүтэр. Бу күн күөх халлааҥҥа тэлээрэр кыһыл былаахтар, ыҥырар лозуннар күүс тылларынан дьону өрө күүрдэрэ, сырдык суолга сирдиирэ. Үөрэн-көтөн, өрө күүрэн бэлиэтиирбит. Арай оччотооҕу ыччат, оҕолор сүрэхпитигэр-быарбытыгар сөҥөрдөн, өйбүтүгэр-санаабытыгар иитиэхтээн илдьэ сырыттахпыт…
I Хоро нэһилиэгин
«Сайдыс» коллекционердарын түмсүүтэ (салайааччы С.С. Бурцева) кыраайы үөрэтээччи К.Г. Бурцева көҕүлээһининэн оҥоһуллубут «Сэтинньи 7 күнэ» онлайн-быыстапкаларын эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.

От

Добавить комментарий