1990 сыллаахха балаҕан ыйын 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит саҥа кэминээҕи сайдыытыгар бастакы оҥкулу охсубут историческай суолталаах күн быһыытынан үйэсаасх тухары үөрүүлээхтик ахтыллар. Бу күн Саха сирин аптаныамыйатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, биллиилээх судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи, бэйиэт, суруйааччы, драматург, сахалартан биир бастакы учуонай-лингвист П.А. ОЙУУНУСКАЙ 1936 сыллаахха Уус Алдан улууһугар биһиги нэһилиэкпитигэр кэлэ сылдьыбыт бэлиэтигэр туруоруллубут өйдөбүнньүккэ сибэкки дьөрбөтүн ууруу тэрээһинэ буолан ааста. Үтүө аат үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин! Сырдык аат үйэлэри уҥуордаатын!

От admin

Добавить комментарий