Алтынньы 15 күнүгэр СӨ норуодунай поэта И.В. Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар Чараҥҥа сарсыардаттан тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук, З.В., И.В. Мигалкиннар төрүттээбит В.А. Протодьяконов-Кулантай литэрэтиирэ түмэлигэр экскурсия, В.Н. Мигалкин аат. Чараҥ ОО поэт айымньыларынан «Сардааналаах кыысчаан» уруһуй күрэҕэ уонна Ылдьаа Нохуоккун аат. Чараҥ култууратын киинигэр Иван Васильевич хоһооннорунан «Кустуктар куустуннар алааспын» ырыа киэһэтэ буолбуттара. «Кустуктар куустуннар алааспын» Норуот поэта Уйбаан Мигалкин сырдык санааны саҕар хоһоонун тылларынан ааттаммыт ахтыы, ырыа киэһэтэ Ылдьаа Нохуоккун аатынан Чараҥнааҕы култуура киинигэр тэрилиннэ. Улуустааҕы бибилэтиэкэ библиограба Любовь Копырина «Улуус историятыгар ааттар» сериянан бастакынан тахсыбыт поэт Уйбаан Мигалкин айар үлэтигэр аналлаах үҺүс ыйынньык сүнньүнэн поэт айар үлэтин билиһиннэриитинэн саҕаланна. Култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта Екатерина Свинобоева ырыанан ахтыы киэһэни кэрэ куолаһынан намыыннык сыыйан ыытан дьон болҕомтотун ылыан ылла. Поэт хоһоонноругар 20 ырыа айыллыбытыттан 12 ырыа бу киэһэ ылланна. Олохтоох ырыа айааччылар Ким Колодезников, Станислав Луковцев, Василий Петухов, Гаврил Свинобоев, Михаил Конников, Надежда Свинобоева, Петр Копырин, Дмитрий Бурнашев, Геннадий Семенов, Григорий Дьячковскай, Николай Протопопов мелодия айбыт ырыаларын Тулунаттан, Кэптэниттэн, Бороҕонтон, Чараҥтан ансаамбыллар, биирдиилээн толорооччулар дьиэрэттилэр. Уйбаан Мигалкин хоһоонноругар уолаттар гимназияларын, 2-с Лөгөй нэһилиэгин уонна аҕалар өрөгөй ырыалара толорулуннулар. В.Н. Мигалкин аатынан Чараҥ орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэрэ Алеша Тарскай, Илья Румянцев хоһоон ааҕан чоргуттулар, Гуляевтар, Орловтар аймахтар ааттарыттан Евдокия Окоемова, Кулантай аатынан музей фондатыгар өр сылларга үлэлээбит Клара Бурцева, поэт быраата Афанасий Мигалкин, улуустааҕы ырыа айааччылар түмсүүлэрин салайааччыта Василий Парников, Бүлүүгэ педучилищеҕа биир кэмҥэ үөрэммит Розалия Федорова поэты истиҥ тылларынан ахтан ыллылар. «Мин ырыам тиийиэхтин хас саха санаатыгар…» диэн поэт эппит тыллара кустук эгэлгэ өҥүнүү дьэрэлийэ кутуллар дорҕооннор буолан дьиэрэйэ көттүннэр, биһирэбили ыллыннар. Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп. @uamurusahargata @ulusmedia