Бороҕоҥҥо В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар 1-кы Хоро нэһилиэгин Чараҥ бөһүөлэгин уус-уран эйгэтин кыттыылаахтарын «Таптал баар буолан» кэнсиэрэ муус устар 30 күнүгэр үрдүк таһымҥа буолан ааста. Бу И.И. Находкин аатынан култуура киинэ (сал. Александра Свинобоева) олохтоохтору көҕүлээн, түмэ тардан таһаарбыт улахан үлэтэ.
Биһиги Чараҥмыт өбүгэ саҕаттан айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдаах дьонунан баайынан биллэр. Ол да иһин бу биир кэрэ киэһэ өссө эбии саҥа ааттары арыйдаҕа, соһуччу түгэннэри бэлэхтээтэҕэ, удьуору салгыыр кэнчээри ыччаттаахпытын ырылыччы көрдөрдөҕө. Талааннаах элбэх да ырыаһыттаах, үҥкүүһүттээх эбиппит диэн үөрдүбүт, киэн тутуннубут.
Кэнсиэри режиссер үөрэхтээх уус-уран салайааччы Екатерина Свинобоева уратытык толкуйдаан туруорбута хара саҕаланыаҕыттан оннооҕор миэхэ, көннөрү киһиэхэ, ала-чуо атыннык көһүннэ. Сахалыы уруу силиктэрин сиһилии көрдөрбүттэрэ сиэдэрэйин эриэхсит! Мин да көлүөнэм төрөөн баран манныгы көрө илигэ буолуо, биир бэйэм саҥа көрдүм.
Эйэҕэс Эбээ сиэн оҕотун сиэтэ сылдьан үгүһү да кэпсээтэ-ипсээтэ. Билиҥҥи тэтимнээх олоххо аныгы төрөппүт бокуой булан, өр да кэмҥэ ситэн эппэтин бу биир киэһэҕэ Эбээ барахсан билиһиннэрэн кэбистэ эбээт.Наһаа үчүгэй!
Бииртэн-биир сонун нүөмэри толорбут дойдум талааннаахтара саха киһитэ, чахчы даҕаны, таптал таҥаралааҕын илэ-бааччы арыйаннар улуус киинин ирдэбиллээх көрөөччүтүн ытыһыгар ууран биэрдилэр. Ол аайы сылыйбыт ытыс тыаһа хабыллан олордо.
«Далбара» үҥкүү бөлөҕүн далбар хотуттара хайдахтаах курдук кэрэлэрин хас биирдии көрөөччү хараҕа хайгыы көрбүтэ эрэбил. Ол курдук мааны, кэрэ бэйэлэринэн киэн туттан, дьоһуннук долгулдьуһа хааман киирбиттэрэ көрүөхтэн кэрэ көстүү!
Тэрээһин биир уратытынан олохтоох ааптардар айымньыларыттан таҥыллыбыта буолар. Бу дойдутунан киэн туттар, дойдутун ытыктыыр, таптыыр патриоту иитэн таһаарыыга тугунан да солбуллубат үтүө холобур. Ол курдук Федосеевтар дьиэ кэргэн Иван Мигалкин «Аҕам оттубут оһоҕун сылааһыгар» хоһоонун бары тахсан аахпыттара истэргэ иһирэҕиэн, истиҥиэн! Айар куттаах дьиэ кэргэн Екатерина, Гаврил Свинобоевтар айбыт ырыалара, Саргылана Крылова туруорбут үҥкүүлэрэ кэнсиэри киэргэтиэн киэргэттилэр. Мин «Ийэм сылаас харахтара» хоһооммор Люция Бандерова-Айыллаана матыыптаабыт ырыатын «Күбэйэ» ырыа бөлөҕө наһаа нарыннык иэйэн-куойан толорбутун олус астынным. Өссө «Чараҥ көмүс күһүнэ» хоһооммун ырыа гынан көтүппүт Надежда Свинобоева бэйэтэ ыраас куолаһынан ыллаабытыттан үөрдүм, хайҕаатым. Ааптар быһыытынан барыларыгар истиҥник махтанабын. Кэрэхсэбиллээх кэнсиэргэ Свинобоевтар элбэхтэрин ким баҕарар бэлиэтии көрбүт буолуохтаах. Бу биһиэхэ музыканы саамай өрө тутар, чаҕылхай талааннаах, ырыаһыт ыччаттаах соҕотох ыалбыт диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Сотору кэминэн кинилэр айар киэһэлэрин көрүөхпүт диэн бүк эрэллээхпит.
Онон «Таптал баар буолан» кэнсиэр кыттыылаахтарыгар хас биирдиилэригэр махтал маанытын аныыбыт!
Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.