Таба быраҕыыга икки көрүҥ күрэхтэһии

Чараҥ култууратын киинигэр бильярдка уонна дартска тыҥааһыннаах күрэхтэһиилэр ыытылыннылар Ылдьаа Нохуоккун аатынан Чараҥ култууратын киинигэр успуорду уонна чөл олоҕу көҕүлүүр сыаллаах бильярдка уонна дартска күрэхтэһиилэр үрдүк таһымнаахтык буолан аастылар. Тэрээһиҥҥэ олохтоох ыччат уонна успуорду сэҥээрээччилэр көхтөөхтүк кытыннылар. Күрэхтэһии устата кыттааччылар бэйэлэрин таба быраҕар дьоҕурдарын, тулуурдарын уонна сатабылларын көрдөрдүлэр. Бильярд остуолугар уонна дартс сыалыгар ким ордук бэлэмнээҕин быһаарар тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Көрөөччүлэр хас биирдии кыттааччыга ыалдьан, тэрээһини өссө ордук сэргэхситтилэр. Күрэхтэһии түмүктэрэ:

• Бильярд күрэҕэ: • 1 миэстэ — Петр Копырин;

• 2 миэстэ — Константин Федосеев;

• 3 миэстэ — Аким Сысолятин.

• Дартс күрэҕэ: • 1 миэстэ — Алексей Кириллов;

• 2 миэстэ — Ньургун Готовцев;

• 3 миэстэ — Алексей Скороходкин.

Кыайыылаахтар уонна бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр грамоталарынан наҕараадаланнылар. Бу курдук, тэрээһин биир дойдулаахтары түмэр, чөл олоххо угуйар үтүө үгэскэ кубулуйан, кыттааччыларга үгүс үөрүүнү уонна сэргэхсийиини бэлэхтээтэ.

От admin