Сэтинньи 7 күнүгэр, 2026 сыллаахха, Ылдьаа Нохуоккун аатынан Чараҥ култууратын киинигэр Улуу Октябрьскай социалистическай өрөбөлүүссүйэ күнүгэр аналлаах үөрүүлээх уонна дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Тэрээһин сүрүннээн үүнэр көлүөнэҕэ — оҕолорго ананан тэрилиннэ. Кини сүрүн соругунан оҕолорго дойдубут урукку историятын, үлэ уонна кыайыы кэрэ-бэлиэ кэмнэрин билиһиннэрии, история кырдьыгын тиэрдии буолла. Бу күҥҥэ анаан Сэһэн Ардьакыап аатынан Улуус историятын уонна кыраайы үөрэтэр түмэлин үлэһитэ, история учуутала А.П. Сивцев «Умнуллубат кэм чахчылара: Сэтинньи 7 күнэ — үйэ туоһута» уонна 1941 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр Москваҕа Кыһыл болуоссакка буолбут байыаннай параад туһунан «Улуу Кыайыы бастакы хардыыта» диэн дириҥ ис хоһоонноох лекциялары аахта. Аҕа дойду Улуу сэриитин историятыгар биир саамай хорсун уонна суолталаах түгэнинэн биллэр Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 24 сылыгар анаммыт бу тэрээһин өстөөх сэриилэрэ киин куоракка чугаһаан турар кэмнэригэр — сэрии суостаах күннэригэр ыытыллыбытын Александр Петрович оҕолорго өйдөнүмтүө гына сиһилии кэпсээтэ. Маны таһынан, кэлбит ыалдьыттарга уонна оҕолорго аналлаах үс быыстапка үлэлээтэ: — «Улуу кэм өйдөбүнньүктэрэ» диэн урукку кэм тыынын тиэрдэр экспонаттар быыстапкалара; — «Хаартыскаҕа үйэтитиллибит кэм: ССРС параадтара» диэн история кэрэһиттэрэ буолбут хаартысканан быыстапка; — Евдокия Бурцева дьиэтээҕи архыыбыттан «Эдэр саас уостубат төлөнө» быыстапка. Бу курдук, оҕолор ааспыт кэм историятын кытта чугастык билсэн, урукку көлүөнэ үлэҕэ уонна кыайыыга дьулуурун илэ харахтарынан көрөн, элбэх саҥаны уонна туһалааҕы биллилэр. Тэрээһин үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитиигэ улахан суолталаах буолла.








