Кэхтибэт талааннар

Уус-Алдан улууһун нэһилиэктэрин бэтэрээннэрин икки ардыларыгар «Кэхтибэт талааннар» уус-уран көрүү-бэстибээл 2026 сыл алтынньы ыйыгар ыытыллыбыта. Бэстибээлгэ улуус нэһилиэктэриттэн 60-нарын туолбут аҕам саастаахтар бэйэлэрин талааннарын көрдөрөн күөн көрсүбүттэрэ. Онно тиксибит сэмэй ситиһиилэрбит. «Кэхтибэт талааннар» көрүү-бэстибээл үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Аҕам саастаах көлүөнэ дьоно саастарыттан иҥнибэккэ, ырыанан-үҥкүүнэн, уус-уран ааҕыынан дьон-сэргэ биһирэбилин ыллылар. Бэстибээл нэһилиэктэр икки ардыларыгар сомоҕолоһууну күүһүртэ, бэтэрээннэр айар талааннара кэхтибэт, өрүү чэчирии турар кыахтаахтарын өссө төгүл итэҕэттэ.

От admin