Единым духом мы сильны!

Биир санаанан биһиги күүстээхпит!-Единым духом мы сильны! Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр анаан нэһилиэкпит бэтэрээннэрин күүһүнэн олус истиҥ, сэргэх кэнсиэр буолан ааста. Аҕам саастаах ытык дьоммут ылбаҕай ырыаларынан, тэтимнээх үҥкүүлэринэн уонна көрдөөх сценкаларынан көрөөччүлэргэ үтүө мааны күнү бэлэхтээтилэр. Бэтэрээннэрбит — Николай Бурцев, Петр Копырин, Татьяна, Надежда Свинобоевалар, Вера Сивцева, Виталий Гуляев, Светлана Бочкарева уо.д.а. талааннарынан, көхтөрүнэн барыбытыгар үтүө холобур буолаллар!

От admin