Улуу Кыайыы күнүн бэлиэтиир түмүк тэрээһиннэри ыам ыйын 10 күнүгэр Бороҕоҥҥо Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар көрдөрүллүбүт “Алааспыт ырыалаах Чараҥа” диэн тыыннаах доҕуһуоллаах кэнсиэр буолла. Манна Ылдьаа Нохуоккун аатынан култуура киинин иһинэн үлэлиир “Алтан кыл” айар устуудьуйа, “Күбэйэ” ырыа бөлөҕө, “Манчаары” театралынай устуудьуйа, “Көр Дьирибинэ” көр-күлүү бөлөҕүн айар үлэлэрэ түмүллэн, көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста.
Киэҥ саалаҕа тыыннаах дорҕоон диэн тугун өйдүүр, сэҥээрэр көлүөнэ дьоно мустан 2,5 чаас устата буолбут кэнсиэри сэҥээрэн көрдүлэр. Чараҥнар айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдаах Гаврил Свинобоев – Гайаат диэн музыканнаах буоланнар, чахчы даҕаны, бу хайысханы толору баһылаабыттарын ытыска ууран көрөөччүгэ ууннулар. Хас биирдии тыыннаах доҕуһуоллаах ырыа кэнниттэн көрөөччү ытыһын тыаһа хабыллан олордо, онон билиҥҥи көрөөччү тыыннаах доҕуһуолу олус суохтаабыт эбит диэххэ сөп. Салгыы сыанаҕа бииртэн биир кэрэ куоластаах ырыаһыттар, көрдөөх нүөмэрдэр уонна көрбүт киһини уйадытар ис хоһоонноохтук таҥыллан туруоруллубут “А зори здесь тихие” инсценировка (реж. Екатерина Свинобоева) көрөөччү сүрэҕин сүүйүөхтэрин сүүйдүлэр. Уҕараабат ытыс тыаһынан кэрэ кэнсиэр түмүктэнэн көрөөччүлэр олус астынан тарҕастылар.
С.М. Бурцева
Е.М. Окоемова хаатыскаҕа түһэриитэ